Погода

-1..1°C

Облачно, без осадков

Ветер: юго-зап 1 - 3 м/с

Давление: 748 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Сааскы халаан уута чугаһыыр

Бу кэнники сылларга халаан уута нэһилиэнньэ олоҕор улахан ороскуоту, алдьатыыны аҕалар буолла. Мин саныахпар, харыы тахсарыгар киһи бэйэтэ харчы төлөөн, үлэ бөҕөтүн ыытан көмөлөһөр. Ол курдук, саас аайы муус эрбээһинэ, хараардыыта диэн ааттаан үлэ бөҕө ыытыллар. Аны туран, бу үлэни кинилэр ханнык билим төрүөтүгэр олоҕуран оҥороллоро эмиэ биллибэт. Ол туһунан ханна да этиллибэт. Кыһытыан иһин, ити үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр саамай улахан харыы, алдьархай тахсар. Онтон туох да түмүк оҥоһуллубат.

Бачча тухары Өлүөнэ эбэ хотуммут бэйэтин мууһун ким да көмөтө суох сүгэн, Хотугу Муустаах Байҕалга ыытан кэлбитэ. Бу сүүһүнэн сыллар тухары оччо-бачча халыҥ хаардаах да, хаара да суох, чараас да, халыҥ да муустаах, итии-тымныы дьыллар буолан аастахтара. Өрүс кытылыгар дьон син олорон кэлбиттэрэ. Холобур, Хаҥалас улууһун кырдьаҕас олохтоохторо былырыыҥҥы курдук сааскы уу урут хаһан да ылбатах сирдэрин ылбытын букатын өйдөөбөттөр эбит.

Өрүс, күөл мууһа хайдах көтөҕүллэрий? Бастаан хаар ууллан муус үрдүнэн халыйар. Ону «сиҥэ уута киирбит» дииллэрэ. Онтон кыра үрэхтэр уулара киирэн, мууһу тэһэ түһэн, били халыйа сыппыт хаар уута муус аныгар барар. Ону «күөх хобур буолбут» диэн ааттыыллара. Уу муус үрдүгэр хаалбат, барыта аллара барар. Өрүс икки кытылынан сайа охсон сүүрүктэнэр, ырбыылыыр. Үөһэттэн уу киириитэ элбээн, икки кытылыттан хам тоҥо сытар мууһу өрө сүгэн таһааран, өрүс эстэн, кэбирээн сытар муус онон-манан хайыта ыстанар, бэйэ бэйэтигэр өрө сүгүллэн тахса-тахса тыаһаан-ууһаан аа-дьуо аллара диэки устубутунан барар. Көмүөл мууһа бардаҕа ол.

Оттон биһиэхэ били эрдэттэн эрбээн бэлэмнээбит, хараардан чарааһаппыт муустара уу сөптөөхтүк кэлэ илигинэ эрдэ тостон-ойдон тахсан кыра ууга айаннаан барар. Ол баран хамнаабакка, хоҥнубакка сытар мууһу сороҕо үрдүнэн, сороҕо аннынан баран туох да айылаах хоппот буомун, мэһэйин үөскэтэр. Үөһэттэн эстэн кэлэн испит муус онно иҥнэ-иҥнэ дьапталҕаланан дьэ алдьархайдаах харыылар тахсаллар. Хаайтарбыт уу ханна барыай, «хаҥаластаатаҕа» ол дии.

Мин саныахпар, өрүһү бэйэтин тыытар адьас табыллыбат. Өскөтүн ити харчыны батара сатаан ылыллар дьаһал эбит буоллаҕына, биэрэги бөҕөргөтөр, мыраан үрдүгэр сүөһүнү-сылгыны күрэтэр, күрүөнү-хаһааны оҥорор үлэни ыытыахха.

Өрүс эстэригэр, уу ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннара эрдэттэн дьаһанан, сүөһүнү-аһы уу ылбат сиригэр күрэтэн бэлэм олоруохтарын наада. «Урут уу ылбат этэ, быйыл да ылбат ини» диэн эрэнэн олорон биэрии ыар содулун былырыын көрдүбүт. Уу тэлгэһэҕэ киирбитин кэннэ сүүрэкэлээбитэ буолан дуоннааҕы өрүһүйбэккин.

Мир Егоров,

Дьокуускай.

kyym.sakha.ru
24.03.2011 16:18 | оригинал статьи | просмотров: 17638

Комментарии


  • 10.160.44.15226.03.11 17:29 Автор: Бывалый

    Саамай сопко суруйбуккун, быйыл да эрбээтэхтэринэ нимиччи бараллар эбисээт. Но дьон билигин ууга барары кэтэсэр буолбут, уже уорэммит харчы ыларга. Уу ылбатагына угустэр хомойоллор.

 ↑ наверх
09.12.10
Саха сиригэр барыта 950 тыһ. киһи олорор
09.12.10
Кинигэ сүрэхтэниэ
08.12.10
Саха сирин боксаҕа федерациятын президенэ талылынна
08.12.10
Сэбиэскэй Аармыйа уулуссатын урдустара
08.12.10
«Клипмейкер 2010» түмүгэ 8
08.12.10
Сөмөлүөт билиэтин сыаната: сиэрэ суох араас
07.12.10
Төрөппүттэр болҕомтолоругар
07.12.10
Саҥа дьыл иннинэ бэлэхтэ тут!
07.12.10
Сүүрбэ саастаах «АЛРОСА» субмарина
07.12.10
Фестивальга кытынныбыт, санаторийга сынньанныбыт
06.12.10
Бокска күрэхтэһии саҕаланна
06.12.10
Учууталларга саҥа дьиэлэр тутуллаллар
06.12.10
Сарсын инбэлииттэргэ үлэ дьаарбаҥката буолар
06.12.10
Харыйа уота тырымныы умайда 1
03.12.10
Сүрүн кыһалҕа – боломуочуйаны тыырыы уонна сир
03.12.10
ЛТП: наада дуу, суох дуу? 1
02.12.10
Оҕо иитэ ылар дьоҥҥо сүбэ 1
02.12.10
Уоруйахтары уодьуганныыр уолдьаста 2
02.12.10
Саха сиригэр барыта 950 тыһ. киһи олорор
01.12.10
СПИД ыарыытын утары акция ыытыллыа 3
01.12.10
Төрөппүт оҕотугар иэһэ 270 тыһыынча солкуобайга тиийбит 3
01.12.10
Саха киинэтэ сайдар суолун көрдүүр
30.11.10
Халабырдьыттар наһаалаабыттар 13
30.11.10
Эмсэҕэлээччи дуу, эмсэҕэлэнээччи дуу 1
30.11.10
Шоу табыллыбата… балыктан маттыбыт 1
26.11.10
Мииринэйгэ сунтаардар супермаркет астылар 6
24.11.10
Дьиикэй кыыл этэ сэрэхтээх 5
24.11.10
Контролер буолан кубулуммуттар 1
24.11.10
Дмитрий Горохов: Баһылык— ол аата эппиэтинэс уонна эбээһинэс 1
22.11.10
"Табык" бэстибээл буолар 6
22.11.10
Тоҕо сахалыы үөрэммэттэрий? 11
19.11.10
Баһылыктар сугулааннара 6
19.11.10
«Мисс Якутия-2010» кыайыылааҕар мөлүйүөн аҥаара! 6
19.11.10
Доруобуйа харыстабылыгар — 10 млрд. 3
18.11.10
Куһаҕан дьаллыктан аккаастаныаҕыҥ! 11
18.11.10
Саха сиригэр бэрик орто кээмэйэ 6 тыһ. солкуобай эбит
17.11.10
Мииринэйгэ 0 кыраадыс 2
17.11.10
Саха сирин ааттатыаххыт диэн эрэнэбин
16.11.10
Устудьуоннарга – биир форма таҥас? 29
16.11.10
Саха сирин улуустарыгар Олоҥхо күннэрэ ыытыллыахтара 4
Яндекс.Метрика