Погода

-1..1°C

Облачно, без осадков

Ветер: юго-зап 1 - 3 м/с

Давление: 748 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Сааскы халаан уута чугаһыыр

Бу кэнники сылларга халаан уута нэһилиэнньэ олоҕор улахан ороскуоту, алдьатыыны аҕалар буолла. Мин саныахпар, харыы тахсарыгар киһи бэйэтэ харчы төлөөн, үлэ бөҕөтүн ыытан көмөлөһөр. Ол курдук, саас аайы муус эрбээһинэ, хараардыыта диэн ааттаан үлэ бөҕө ыытыллар. Аны туран, бу үлэни кинилэр ханнык билим төрүөтүгэр олоҕуран оҥороллоро эмиэ биллибэт. Ол туһунан ханна да этиллибэт. Кыһытыан иһин, ити үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр саамай улахан харыы, алдьархай тахсар. Онтон туох да түмүк оҥоһуллубат.

Бачча тухары Өлүөнэ эбэ хотуммут бэйэтин мууһун ким да көмөтө суох сүгэн, Хотугу Муустаах Байҕалга ыытан кэлбитэ. Бу сүүһүнэн сыллар тухары оччо-бачча халыҥ хаардаах да, хаара да суох, чараас да, халыҥ да муустаах, итии-тымныы дьыллар буолан аастахтара. Өрүс кытылыгар дьон син олорон кэлбиттэрэ. Холобур, Хаҥалас улууһун кырдьаҕас олохтоохторо былырыыҥҥы курдук сааскы уу урут хаһан да ылбатах сирдэрин ылбытын букатын өйдөөбөттөр эбит.

Өрүс, күөл мууһа хайдах көтөҕүллэрий? Бастаан хаар ууллан муус үрдүнэн халыйар. Ону «сиҥэ уута киирбит» дииллэрэ. Онтон кыра үрэхтэр уулара киирэн, мууһу тэһэ түһэн, били халыйа сыппыт хаар уута муус аныгар барар. Ону «күөх хобур буолбут» диэн ааттыыллара. Уу муус үрдүгэр хаалбат, барыта аллара барар. Өрүс икки кытылынан сайа охсон сүүрүктэнэр, ырбыылыыр. Үөһэттэн уу киириитэ элбээн, икки кытылыттан хам тоҥо сытар мууһу өрө сүгэн таһааран, өрүс эстэн, кэбирээн сытар муус онон-манан хайыта ыстанар, бэйэ бэйэтигэр өрө сүгүллэн тахса-тахса тыаһаан-ууһаан аа-дьуо аллара диэки устубутунан барар. Көмүөл мууһа бардаҕа ол.

Оттон биһиэхэ били эрдэттэн эрбээн бэлэмнээбит, хараардан чарааһаппыт муустара уу сөптөөхтүк кэлэ илигинэ эрдэ тостон-ойдон тахсан кыра ууга айаннаан барар. Ол баран хамнаабакка, хоҥнубакка сытар мууһу сороҕо үрдүнэн, сороҕо аннынан баран туох да айылаах хоппот буомун, мэһэйин үөскэтэр. Үөһэттэн эстэн кэлэн испит муус онно иҥнэ-иҥнэ дьапталҕаланан дьэ алдьархайдаах харыылар тахсаллар. Хаайтарбыт уу ханна барыай, «хаҥаластаатаҕа» ол дии.

Мин саныахпар, өрүһү бэйэтин тыытар адьас табыллыбат. Өскөтүн ити харчыны батара сатаан ылыллар дьаһал эбит буоллаҕына, биэрэги бөҕөргөтөр, мыраан үрдүгэр сүөһүнү-сылгыны күрэтэр, күрүөнү-хаһааны оҥорор үлэни ыытыахха.

Өрүс эстэригэр, уу ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннара эрдэттэн дьаһанан, сүөһүнү-аһы уу ылбат сиригэр күрэтэн бэлэм олоруохтарын наада. «Урут уу ылбат этэ, быйыл да ылбат ини» диэн эрэнэн олорон биэрии ыар содулун былырыын көрдүбүт. Уу тэлгэһэҕэ киирбитин кэннэ сүүрэкэлээбитэ буолан дуоннааҕы өрүһүйбэккин.

Мир Егоров,

Дьокуускай.

kyym.sakha.ru
24.03.2011 16:18 | оригинал статьи | просмотров: 17646

Комментарии


  • 10.160.44.15226.03.11 17:29 Автор: Бывалый

    Саамай сопко суруйбуккун, быйыл да эрбээтэхтэринэ нимиччи бараллар эбисээт. Но дьон билигин ууга барары кэтэсэр буолбут, уже уорэммит харчы ыларга. Уу ылбатагына угустэр хомойоллор.

 ↑ наверх
03.08.10
Уулуссаҕа ыһылла сытар көмүһү булбут 2
03.08.10
811 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөтө
03.08.10
Сир хамсаата
03.08.10
КВН сүүмэрдэммит хамаандата кыайыыны ситистэ
02.08.10
Саҥа оонньуур площадка арылынна
02.08.10
Оҕолорго сыһыаммыт тыйыһырар
02.08.10
Сайыммыт күһүннүүн көрсөр күнэ
02.08.10
Милииссийэ үлэтэ уларыйыа
30.07.10
Аныгы армия сиэртибэлэрэ 3
30.07.10
Сөмөлүөккэ айдаарда 1
30.07.10
Үлэлии сылдьар пенсионердар болҕомтолоругар
29.07.10
Кэбээйилэр окко туруна сылдьаллар
29.07.10
Өссө биир буойун көһүннэ
29.07.10
Дьоҥҥо наадалаах табаардар атыыга тахсаллара моһуоктаныа
29.07.10
Өлөрүөхсүт хаайыыга барда 1
28.07.10
«Миэхэ эрэниэҥ-дьиэҕиттэн матыаҥ» 5
28.07.10
Франция, «Сонор» уонна Саха сирэ 2
28.07.10
Бэрик суумата улааппыт
28.07.10
Бэтэрээннэр Европа чемпионатыгар
27.07.10
Арассыыйаҕа туризм сайдыа
27.07.10
Авиахампаанньалар үлэлэрин үгэннэрэ 5
27.07.10
Өлүөхүмэҕэ маассабай бэлэмнэнии саҕаланна 2
27.07.10
Дьадаҥылар ахсааннара аҕыйаабыт 8
27.07.10
«Тойон Хотуур-2010»: от күүлэйэ буолан ааста
26.07.10
«ЗОЖигай!» буолар! 2
26.07.10
Азбука оҥорорго үлэ барар
26.07.10
Саҥа площадка аһылынна
26.07.10
Самолетунан көтөргө саҥа быраабылалар 1
23.07.10
Умнуллубат көрсүһүү 1
23.07.10
Парикмахерскайдарга уонна салоннарга саҥа ирдэбиллэр киирбиттэр 2
23.07.10
Тулаайахтарга ким 90 мөлүйүөнү ууран биэриэй?
22.07.10
Куорат паарката төрөөбүт күнүгэр ыҥырар 3
22.07.10
Права атыылаһар төһөнүй? 24
22.07.10
Оҕо түһэттэрэр ыарыылаах…
22.07.10
«Кэлии дьон - кэлии үүтүгэр!» 1
21.07.10
Үөрэххэ туттарсыы салҕанар 3
21.07.10
Ходуһаҕа от үлэтин түркүнэ
21.07.10
Социальнай хайысхалаах дьиэ аһыллыа
21.07.10
Саха сирэ уонна Татарстан араас эйгэлэргэ бииргэ үлэлиэхтэрэ
21.07.10
Массыына нүөмэрдэрэ аукциоҥҥа атыыланар буолуохтара
Яндекс.Метрика