Погода

-1..1°C

Облачно, без осадков

Ветер: юго-зап 1 - 3 м/с

Давление: 748 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Сааскы халаан уута чугаһыыр

Бу кэнники сылларга халаан уута нэһилиэнньэ олоҕор улахан ороскуоту, алдьатыыны аҕалар буолла. Мин саныахпар, харыы тахсарыгар киһи бэйэтэ харчы төлөөн, үлэ бөҕөтүн ыытан көмөлөһөр. Ол курдук, саас аайы муус эрбээһинэ, хараардыыта диэн ааттаан үлэ бөҕө ыытыллар. Аны туран, бу үлэни кинилэр ханнык билим төрүөтүгэр олоҕуран оҥороллоро эмиэ биллибэт. Ол туһунан ханна да этиллибэт. Кыһытыан иһин, ити үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр саамай улахан харыы, алдьархай тахсар. Онтон туох да түмүк оҥоһуллубат.

Бачча тухары Өлүөнэ эбэ хотуммут бэйэтин мууһун ким да көмөтө суох сүгэн, Хотугу Муустаах Байҕалга ыытан кэлбитэ. Бу сүүһүнэн сыллар тухары оччо-бачча халыҥ хаардаах да, хаара да суох, чараас да, халыҥ да муустаах, итии-тымныы дьыллар буолан аастахтара. Өрүс кытылыгар дьон син олорон кэлбиттэрэ. Холобур, Хаҥалас улууһун кырдьаҕас олохтоохторо былырыыҥҥы курдук сааскы уу урут хаһан да ылбатах сирдэрин ылбытын букатын өйдөөбөттөр эбит.

Өрүс, күөл мууһа хайдах көтөҕүллэрий? Бастаан хаар ууллан муус үрдүнэн халыйар. Ону «сиҥэ уута киирбит» дииллэрэ. Онтон кыра үрэхтэр уулара киирэн, мууһу тэһэ түһэн, били халыйа сыппыт хаар уута муус аныгар барар. Ону «күөх хобур буолбут» диэн ааттыыллара. Уу муус үрдүгэр хаалбат, барыта аллара барар. Өрүс икки кытылынан сайа охсон сүүрүктэнэр, ырбыылыыр. Үөһэттэн уу киириитэ элбээн, икки кытылыттан хам тоҥо сытар мууһу өрө сүгэн таһааран, өрүс эстэн, кэбирээн сытар муус онон-манан хайыта ыстанар, бэйэ бэйэтигэр өрө сүгүллэн тахса-тахса тыаһаан-ууһаан аа-дьуо аллара диэки устубутунан барар. Көмүөл мууһа бардаҕа ол.

Оттон биһиэхэ били эрдэттэн эрбээн бэлэмнээбит, хараардан чарааһаппыт муустара уу сөптөөхтүк кэлэ илигинэ эрдэ тостон-ойдон тахсан кыра ууга айаннаан барар. Ол баран хамнаабакка, хоҥнубакка сытар мууһу сороҕо үрдүнэн, сороҕо аннынан баран туох да айылаах хоппот буомун, мэһэйин үөскэтэр. Үөһэттэн эстэн кэлэн испит муус онно иҥнэ-иҥнэ дьапталҕаланан дьэ алдьархайдаах харыылар тахсаллар. Хаайтарбыт уу ханна барыай, «хаҥаластаатаҕа» ол дии.

Мин саныахпар, өрүһү бэйэтин тыытар адьас табыллыбат. Өскөтүн ити харчыны батара сатаан ылыллар дьаһал эбит буоллаҕына, биэрэги бөҕөргөтөр, мыраан үрдүгэр сүөһүнү-сылгыны күрэтэр, күрүөнү-хаһааны оҥорор үлэни ыытыахха.

Өрүс эстэригэр, уу ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннара эрдэттэн дьаһанан, сүөһүнү-аһы уу ылбат сиригэр күрэтэн бэлэм олоруохтарын наада. «Урут уу ылбат этэ, быйыл да ылбат ини» диэн эрэнэн олорон биэрии ыар содулун былырыын көрдүбүт. Уу тэлгэһэҕэ киирбитин кэннэ сүүрэкэлээбитэ буолан дуоннааҕы өрүһүйбэккин.

Мир Егоров,

Дьокуускай.

kyym.sakha.ru
24.03.2011 16:18 | оригинал статьи | просмотров: 17638

Комментарии


  • 10.160.44.15226.03.11 17:29 Автор: Бывалый

    Саамай сопко суруйбуккун, быйыл да эрбээтэхтэринэ нимиччи бараллар эбисээт. Но дьон билигин ууга барары кэтэсэр буолбут, уже уорэммит харчы ыларга. Уу ылбатагына угустэр хомойоллор.

 ↑ наверх
11.02.11
Төрөөбүт тылы үөрэтии: урут уонна билигин 4
11.02.11
Саха сиригэр Павел Астахов кэллэ 3
11.02.11
Сылгыга – эдэрдэри
10.02.11
Быыбар чугаһаата
10.02.11
Сахалыы, алтаайдыы тылынан
10.02.11
Киин куоракка киинэ көрдөрөр улахан комплекс тутуллуо 7
10.02.11
"УУС - ЭКСПО - 2011" дьаарбаҥка-быыстапка
09.02.11
63 ыалга дьол тосхойдо
09.02.11
Киһитэ суох – айылҕа кэхтэр, айылҕата суох – киһи өлөр
09.02.11
Аллараа Бэстээххэ тырааныспар техникума аһыллыа
09.02.11
Пилотнай бырайыагы олоххо киллэрии былаан быһыытынан барар 2
08.02.11
Наркокурьердар Сунтаары булан эрэллэр 1
08.02.11
Ким таҥаһы, ким дацаны, ким мечети… оттон казактар кавказтары боччуттараллар
08.02.11
«Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо кинигэтин сүрэхтэниитэ
08.02.11
Ньурбаҕа «Байар» сайдар 1
08.02.11
Сүгэ хоппотоҕун сүбэ кыайар
07.02.11
Буруйу оҥороллоро аччаабыт 1
07.02.11
Сайдан иһэбит
07.02.11
Алмаас кустугун суһума
07.02.11
Терагы ким оҥорбута билиннэ
07.02.11
Наомилаах Путин кэпсэтэллэр…
04.02.11
Таҥнары барыы сайдыы буолбатах - 2
04.02.11
Ельцин Саха сирин сайдыытыгар уһулуччу оруоллаах
04.02.11
Сиэмэх бизнесменнэр 1
04.02.11
Эмтэммит киһи махтала
04.02.11
Дьаҥ: оҕолор үөрэхтэрэ-күрэхтэрэ тохтоото
03.02.11
Уйан куттаах уран иэйии дьоно 26
03.02.11
Саха сиригэр хамнас толору төлөммүт
03.02.11
Биир кэлим экзаменнар ыытыллар күннэрэ быһаарылынна
02.02.11
Сыана салгыы үрдүүр… 1
02.02.11
Уһук Илин уонна Байкал
02.02.11
МФЦ сүбэ-ама биэрэрин саҕалаата
02.02.11
Олунньу – Одун ыйа. Дьыл оҕуһун муостара тостор
01.02.11
Хас биирдии унтуу – дьон үлэтин түмүгэ 2
01.02.11
«Кыым» саһарбыт страницаларынан
01.02.11
Олунньу 1 күнүттэн үлэ пенсиятын орто кээмэйэ 11.830 солк. буолуоҕа
01.02.11
Дабыл: «Олох олоруу, иитии киэбэ-киэлитэ бэрт судургу»
01.02.11
Сэрэниҥ: «сибиинньэ» дьаҥа
31.01.11
vkontakte саллааттар кэргэннэрэ 2
31.01.11
Мииринэй куорат инники кэскилэ сырдык
Яндекс.Метрика