Погода

-1..1°C

Облачно, без осадков

Ветер: юго-зап 1 - 3 м/с

Давление: 748 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Сааскы халаан уута чугаһыыр

Бу кэнники сылларга халаан уута нэһилиэнньэ олоҕор улахан ороскуоту, алдьатыыны аҕалар буолла. Мин саныахпар, харыы тахсарыгар киһи бэйэтэ харчы төлөөн, үлэ бөҕөтүн ыытан көмөлөһөр. Ол курдук, саас аайы муус эрбээһинэ, хараардыыта диэн ааттаан үлэ бөҕө ыытыллар. Аны туран, бу үлэни кинилэр ханнык билим төрүөтүгэр олоҕуран оҥороллоро эмиэ биллибэт. Ол туһунан ханна да этиллибэт. Кыһытыан иһин, ити үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр саамай улахан харыы, алдьархай тахсар. Онтон туох да түмүк оҥоһуллубат.

Бачча тухары Өлүөнэ эбэ хотуммут бэйэтин мууһун ким да көмөтө суох сүгэн, Хотугу Муустаах Байҕалга ыытан кэлбитэ. Бу сүүһүнэн сыллар тухары оччо-бачча халыҥ хаардаах да, хаара да суох, чараас да, халыҥ да муустаах, итии-тымныы дьыллар буолан аастахтара. Өрүс кытылыгар дьон син олорон кэлбиттэрэ. Холобур, Хаҥалас улууһун кырдьаҕас олохтоохторо былырыыҥҥы курдук сааскы уу урут хаһан да ылбатах сирдэрин ылбытын букатын өйдөөбөттөр эбит.

Өрүс, күөл мууһа хайдах көтөҕүллэрий? Бастаан хаар ууллан муус үрдүнэн халыйар. Ону «сиҥэ уута киирбит» дииллэрэ. Онтон кыра үрэхтэр уулара киирэн, мууһу тэһэ түһэн, били халыйа сыппыт хаар уута муус аныгар барар. Ону «күөх хобур буолбут» диэн ааттыыллара. Уу муус үрдүгэр хаалбат, барыта аллара барар. Өрүс икки кытылынан сайа охсон сүүрүктэнэр, ырбыылыыр. Үөһэттэн уу киириитэ элбээн, икки кытылыттан хам тоҥо сытар мууһу өрө сүгэн таһааран, өрүс эстэн, кэбирээн сытар муус онон-манан хайыта ыстанар, бэйэ бэйэтигэр өрө сүгүллэн тахса-тахса тыаһаан-ууһаан аа-дьуо аллара диэки устубутунан барар. Көмүөл мууһа бардаҕа ол.

Оттон биһиэхэ били эрдэттэн эрбээн бэлэмнээбит, хараардан чарааһаппыт муустара уу сөптөөхтүк кэлэ илигинэ эрдэ тостон-ойдон тахсан кыра ууга айаннаан барар. Ол баран хамнаабакка, хоҥнубакка сытар мууһу сороҕо үрдүнэн, сороҕо аннынан баран туох да айылаах хоппот буомун, мэһэйин үөскэтэр. Үөһэттэн эстэн кэлэн испит муус онно иҥнэ-иҥнэ дьапталҕаланан дьэ алдьархайдаах харыылар тахсаллар. Хаайтарбыт уу ханна барыай, «хаҥаластаатаҕа» ол дии.

Мин саныахпар, өрүһү бэйэтин тыытар адьас табыллыбат. Өскөтүн ити харчыны батара сатаан ылыллар дьаһал эбит буоллаҕына, биэрэги бөҕөргөтөр, мыраан үрдүгэр сүөһүнү-сылгыны күрэтэр, күрүөнү-хаһааны оҥорор үлэни ыытыахха.

Өрүс эстэригэр, уу ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннара эрдэттэн дьаһанан, сүөһүнү-аһы уу ылбат сиригэр күрэтэн бэлэм олоруохтарын наада. «Урут уу ылбат этэ, быйыл да ылбат ини» диэн эрэнэн олорон биэрии ыар содулун былырыын көрдүбүт. Уу тэлгэһэҕэ киирбитин кэннэ сүүрэкэлээбитэ буолан дуоннааҕы өрүһүйбэккин.

Мир Егоров,

Дьокуускай.

kyym.sakha.ru
24.03.2011 16:18 | оригинал статьи | просмотров: 17638

Комментарии


  • 10.160.44.15226.03.11 17:29 Автор: Бывалый

    Саамай сопко суруйбуккун, быйыл да эрбээтэхтэринэ нимиччи бараллар эбисээт. Но дьон билигин ууга барары кэтэсэр буолбут, уже уорэммит харчы ыларга. Уу ылбатагына угустэр хомойоллор.

 ↑ наверх
23.12.10
Кэпсэтиигэ кыттыһыахха сөп
23.12.10
Куорат кырдьаҕастара, болҕойуҥ!
23.12.10
«Спорт Якутии» - сыл хаһыата
23.12.10
Учуутал хамнаһа тоҕо үрдээбэт? 1
22.12.10
Нерюнгрига айан төлөбүрэ ыарыыр
22.12.10
Тыа сирин сайдарыгар наадалаах хайысхалаах оскуолаларга ураты болҕомто
22.12.10
Эмиэ автобус саахала 1
22.12.10
Наука сайдарыгар дойду бүддьүөтүттэн 11 млрд. солк көрүллүө
21.12.10
Пиэнсийэлээхтэр болҕомтолоругар
21.12.10
Харыйа атыыта саҕаланна
21.12.10
Олоҥхо эйгэтигэр оҕону уһуйуу
21.12.10
«Харчыта-харчыта, биэриҥ!»
20.12.10
Саха сирин тыыннаах алмаастара
20.12.10
55 мөл. солк. урбаан тэрилтэлэригэр анаммыт
20.12.10
Чаппандаҕа инбэлииттэр уокка былдьаммыттар
20.12.10
Социальнай сеть содула
17.12.10
Биэнсийэ пуондатын 20 сыла
17.12.10
Кылыкынай диэн кимий?
17.12.10
"Үс үйэ алтыһар аартыгар"
17.12.10
Омукпут киэн туттуута – Саха тыйаатыра
16.12.10
Бастыҥ дьыссаат – «Белоснежка»!
16.12.10
Саха сирин 2011 сыллаах государственнай бүддьүөтэ ылылынна
16.12.10
Буор уйбатынан буруйдаах
16.12.10
«Саха» НКИК Ньурбатааҕы салаатыгар
15.12.10
«Мисс Универсиада» буолар
15.12.10
Бүгэн олорор кэм ааста
15.12.10
Булгунньахтаахха саҥа балыыһа үлэтин саҕалаата 1
15.12.10
Сүҥкэн суолталаах тэрилтэ
14.12.10
Дьокуускай куорат Чурапчы улууһун кытары Сөбүлэҥ баттаста
14.12.10
Өлөөҥҥө баһаар алдьархайа
14.12.10
Түүрк омук вице-мисс кырасаабыссата – Айыына Говорова! 4
14.12.10
Биһиги көмөлөспөтөхпүтүнэ, ким көмөлөһүөй? 1
13.12.10
«Мисс Виртуальнай Мииринэй» – Мария Алексеева! 8
13.12.10
Уһук Илин сайдыытын төрдө - түөлбэлэр
13.12.10
Дьокуускай куорат Чурапчы улууһун кытары Сөбүлэҥ баттаста
10.12.10
Учуутал, муосчут, худуоһунньук
10.12.10
Устудьуоннар Францияҕа үөрэниэхтэрэ
10.12.10
Кириэстээххэ саҥа оскуола тутуллуо
09.12.10
«Сахатранснефтегаз» 2010 сыллааҕы дохуота
09.12.10
Питергэ үөрэнэр устудьуоннар төрөппүттэрин болҕомтолоругар 1
Яндекс.Метрика