Погода

-1..1°C

Облачно, без осадков

Ветер: юго-зап 1 - 3 м/с

Давление: 748 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Саамай элбэх сүөһүну уус алданнар эспиттэр…

Тыа сирин сайдыытыгар 10-ча миллиард көрүллэр диэн буолар. «Сайдыытыгар» диэн тылы «төттөрү түһүү» диэн ааттыахха сөп быһыылаах. Төһөнөн элбэх харчы көрүллэр да, түмүгэ киһини уолутар. Ол курдук бэҕэһээ муниципальнай тэриллиилэр уонна куорат уокуруктарын баһылыктарын түмэн правительство чилиэттэрэ мунньахтаатылар. Онно киирии тылга вице-премьер А.Стручков ынах-сүөһү Аммаҕа 5%, Сунтаарга 6%, Бүлүүгэ 9%, Ньурбаҕа 11%, Кэбээйигэ 13%, Өлүөхүмэҕэ 14%, Уус Алдаҥҥа 21% аҕыйаабытын иһитиннэрдэ.

Үлэтэ суох хаалбыт дьон ахсаана былырыыҥҥы олунньутааҕар 11% үрдээбит. Бу өссө официальнай үлэтэ суох ахсаана, дьиҥэ төһөтө-хаччата биллибэт. Статистиктар официальнай сыыппараны кырата уон төгүл улаатыннардахха дьиҥнээх хартыына тахсар диэн этэллэр.

Итини таһынан Зоя Федорова – СӨ президенин иһинэн үлэлиир Сүрүн хонтуруоллуур управление үлэһитэ баһылыктары кэриэтиир бэрт элбэх сыыппараны аҕалла. Улуустар, куораттар 2 млрд 400 мөл. солкуобай «итэҕэстэммиттэр». Бюджет үлүгэрдээх харчыта туһата суох буруо буолан күдэҥҥэ көппүт. Ордук алданнар Аллараа Кураанахтара, нерюнгрилар, Үөһээ Халымалар харчыны ыскайдаабыттар. Суолтата суох элбэх командировканы сэргэ, отчуот-докумуон кумааҕыта сыыһа толорулларын бэлиэтээтилэр. Докумуону кытары халы-мааргы үлэлииртэн, бэл, «Олорор дьиэ» программаҕа, «Эдэр ыаллары дьиэлиир туһунан» киллэһик программаҕа көрүллүбүт үбү кыайан туһамматахтар. «Туһамматахтар» – ол аата дьон олорор усулуобуйата тупсарыллыбатах. Нэһилиэнньэҕэ маннык программа баар, маннык докумуоннар ирдэнэллэр диэн кэпсээбэтэхтэр, сырдаппатахтар.

Баһылыктар мунньахтарын кэнниттэн наар биир санааҕэ кэлэн кэтиллэҕин – олохтоох дьаһалталар юридическай, экономическэй өттүнэн билиилэрэ букатын быстар мөлтөх диэн. Сыллата МТ үлэһиттэрин «таһымнарын үрдэтиигэ» (эмиэ бюджет суотугар) араас семинардар, үөрэхтэр, куурустар ыытыллаллар аҕай. Бу үөрэхтэргэ кэлбит МТ үлэһиттэрэ билиилэрин хаҥатыммакка маҕаһыын кэрийэн, аралдьыйан-саатаан тахсаллар дуо? Эбэтэр куурустарбыт итинник көдьүүһэ суох үлэлииллэрэ дуу? Сылын аайы биир түмүгү оҥорор сылаалаах даҕаны…

kyym.sakha.ru
25.03.2011 14:05 | оригинал статьи | просмотров: 13348

Комментарии


  • 10.177.56.8925.03.11 21:29 Автор: Уйбаан

    Саха тойотторо-хотуттара норуотун туhугар улэтэ-сырыыта костубэт. Устан хаалбыттар, бэлэм эппиэттээхтэр уп суох, коруллубэт диэн айахтара кытара олорор. Саха тыатагар ордук хотугу улуустар буорайан олороллор, олох-дьаhах, дьон санаата туhуутун корорго ыар, ыччат сиэр-майгыта таннары саккырыы турар. Коммерсаннар арыгынан эрэ дьарыктаналлар, туох да хонтуруол суох. Минсельхоз, Правительство тыа дьонугар анаан улэлээх буолуутугар олох да наадыйбат, тарбанан да корботтор, аhыы-сии айбардыы, норуот бутэhик сумэhинин суптуу уулуу ньамахтана олороллор. Норуотун туhугар дьин ыалдьар киhи отой суох уоhээ тойотторго. уойа-уойа, килэйэн-халыйан сырайдара телевизорга баппат буолбут, маааны, сыалаах аhыыллара коруннэригэр баар, хаhа ууннэрэн баран кириэhэни иэрийэ олордохторо.

  • 10.177.88.1126.03.11 14:56 Автор: Петр

    Дьин кырдьыгы этэ5ин табаарыс!!!

  • 213.129.33.20126.03.11 19:10 Автор: т

    минсельхоз мин-рэ охлопко в уус алдан дии правительство5а эмиэ элбэхпит дэсэллэр чурапчылар кэннилэртэн этэ ол исин суэсулэрин эспиттэр бысылаах

 ↑ наверх
03.08.10
Уулуссаҕа ыһылла сытар көмүһү булбут 2
03.08.10
811 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөтө
03.08.10
Сир хамсаата
03.08.10
КВН сүүмэрдэммит хамаандата кыайыыны ситистэ
02.08.10
Саҥа оонньуур площадка арылынна
02.08.10
Оҕолорго сыһыаммыт тыйыһырар
02.08.10
Сайыммыт күһүннүүн көрсөр күнэ
02.08.10
Милииссийэ үлэтэ уларыйыа
30.07.10
Аныгы армия сиэртибэлэрэ 3
30.07.10
Сөмөлүөккэ айдаарда 1
30.07.10
Үлэлии сылдьар пенсионердар болҕомтолоругар
29.07.10
Кэбээйилэр окко туруна сылдьаллар
29.07.10
Өссө биир буойун көһүннэ
29.07.10
Дьоҥҥо наадалаах табаардар атыыга тахсаллара моһуоктаныа
29.07.10
Өлөрүөхсүт хаайыыга барда 1
28.07.10
«Миэхэ эрэниэҥ-дьиэҕиттэн матыаҥ» 5
28.07.10
Франция, «Сонор» уонна Саха сирэ 2
28.07.10
Бэрик суумата улааппыт
28.07.10
Бэтэрээннэр Европа чемпионатыгар
27.07.10
Арассыыйаҕа туризм сайдыа
27.07.10
Авиахампаанньалар үлэлэрин үгэннэрэ 5
27.07.10
Өлүөхүмэҕэ маассабай бэлэмнэнии саҕаланна 2
27.07.10
Дьадаҥылар ахсааннара аҕыйаабыт 8
27.07.10
«Тойон Хотуур-2010»: от күүлэйэ буолан ааста
26.07.10
«ЗОЖигай!» буолар! 2
26.07.10
Азбука оҥорорго үлэ барар
26.07.10
Саҥа площадка аһылынна
26.07.10
Самолетунан көтөргө саҥа быраабылалар 1
23.07.10
Умнуллубат көрсүһүү 1
23.07.10
Парикмахерскайдарга уонна салоннарга саҥа ирдэбиллэр киирбиттэр 2
23.07.10
Тулаайахтарга ким 90 мөлүйүөнү ууран биэриэй?
22.07.10
Куорат паарката төрөөбүт күнүгэр ыҥырар 3
22.07.10
Права атыылаһар төһөнүй? 24
22.07.10
Оҕо түһэттэрэр ыарыылаах…
22.07.10
«Кэлии дьон - кэлии үүтүгэр!» 1
21.07.10
Үөрэххэ туттарсыы салҕанар 3
21.07.10
Ходуһаҕа от үлэтин түркүнэ
21.07.10
Социальнай хайысхалаах дьиэ аһыллыа
21.07.10
Саха сирэ уонна Татарстан араас эйгэлэргэ бииргэ үлэлиэхтэрэ
21.07.10
Массыына нүөмэрдэрэ аукциоҥҥа атыыланар буолуохтара
Яндекс.Метрика