Үөрэх министиэристибэтэ уонна Аан дойдутааҕы Баан эспиэрдэрэ буоланнар, оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолор билиилэрин бэрэбиэркэлиир саҥа ньыма бырайыагын дьүүллэспиттэр. Бу саҥа ньыманы бастаан мэҥэлэргэ, хаҥаластарга, нерюнгриларга уонна дьокуускайдарга туһанан көрүөхтэрэ.

Манна диэн эттэххэ, эспиэрдэринэн голландец Никос Ванховен («Аныгы оҕо саас» бырайыак төрүттээччитэ), англичанин Дэвид Хокер уонна Москубатааҕы судаарыстыбаннай психолого-педагогическай университет учууталлара үлэлииллэр. Бу дьон муус устар эргэтигэр кэлэн саҥа ньымаларын боруобалыахтаахтар.
Комментарии
Сообщение:
Отправить Отмена