«АЛРОСА» аан дойдутааҕы таһымнаах бөдөҥ транснациональнай корпорация сабыылаах акционернай обществоттан аһаҕас акционернайга кубулуйара өтөрүнэн күүттэриэ суох чинчилээх. Олунньуга Росимущество баһылыгын солбуйааччыта Юрий Медведев Госдумаҕа тыл этэригэр Саха сирин правительствотын кытары ити боппуруоһу улаханнык илдьиритэ сылдьалларын, «формально» биир сокуон мэһэйдиирин иһитиннэрэн турардаах. Тиһэх сонуннар кэпсииллэринэн, «АЛРОСА» кэлэр сыл саҥатыгар бас билиитин уларытар туһунан докумуон силигэ ситиэхтээх.
Алмаас хампаанньатын бас билиитин уларытарга, биир сүрүн моһолунан Ил Түмэн 2003 сыллаахха, муус устар 23 күнүгэр ылбыт сокуонун ыйаллар. Бу сокуон этэринэн, Саха сирин интэриэһэ «АЛРОСА» сабыылаах акционернай общество буоларынан мэктиэлэнэр. Киин былаас илиитин-атаҕын «формально» баайар сокуон, «АЛРОСАны» федерализациялыыр политика ыытыллыан иннинэ, Саха сирин уонна Арассыыйа былааһын икки ардыгар түһэрсиллибит эйэ-дэмнээх дуогабар быдан иннинэ ылыллыбыта. Киһи эрэ буоллар, федеральнай былаас -- «быраабы өрө тутар судаарыстыба», биһиги Ил Түмэммит «көрүнньүк» сокуонун көрдөрбүтүнэн кэһэр кыаҕа суох. Ол иһин ити сокуону көтүттэрэ сатаабыттара ыраатта. Биһиги дьоммут, хампаанньа аһылларыгар өрөспүүбүлүкэ интэриэһин сокуон хараҕынан мэктиэлэтэн баран, ити урукку сокуону көтүрэр былааннаахтар, быһыыта. «Акционернай тэрилтэ аһыллар эрэ түгэнигэр сайдар кыахтаах, акцията ырыынак сыанатыгар эппиэттиир эрэ буоллаҕына инвестиция киириэҕэ» диэн алмаасчыттар эппиттэрэ-тыыммыттара быданнаата. Туох барыта бүтэр уһуктаах. Аһаҕас ньыманан хостонор алмаас түгэҕэ көстөн эрэр. Онон, аны,шахта ньыматынан киирэн алмаас хостуохтаахтар. Карьер ойоҕоһунан, сири аннынан холлороон хаһарга элбэх үп наада дииллэр. «АЛРОСА» алмаас аҕыйаабытынан сибээстээн, сырыһыннара атын сир баайын хостуур былааннаах. Тимир рудатын, ньиэби-гааһы хостууурга эмиэ харчылара кырыымычыгын этэллэр. Билигин Саха сирэ 40% «АЛРОСА» акциятын бас билэр. Правительство 32%, алмаастаах түөлбэ улуустара 8%. Хонтуруолунай акция пакетын (51%-нын) Росимущество дьаһайан олорор. Олохтоох специалистар саамай куттанар кутталлара диэн, хампаанньа аһылыннаҕына акциятын сыаната «ырыынакка эппиэттээн» өрө ыстаныахтаах, эбии акция бэчээттэнэн атыыга барыахтаах. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ өлүүтэ 40%-тан кыччаан тахсыан сөп. Инньэ гыннаҕына Саха сирэ хампаанньаны дьаһайсар кыаҕа аччыыр. Билигин правительствобыт, парламеммыт уонна, биллэн турар, президеммит ити кутталы, хайдах эмэ гынан, тумна сатыыр толкуйга түһэн олороллор. 2009 сыл саҥатыгар «АЛРОСА» бас билиитин уларытарга анаан оробуочай хамыыһыйа тэриллибитэ. Бу хамыыһыйаҕа федеральнай ведомстволар, алмаасчыттар бэйэлэрэ киирэн үлэлии олороллор. «АЛРОСА» федеральнай корпорация буоларын быһыытынан, Москваҕа регистрацияланыахтаах диэччилэр эмиэ бааллар. Тэрилтэ ханна регистрацияламмыт сиригэр нолуок төлүүр. Анаан дьарыктанар дьон суруйалларынан, Арассыыйаҕа эргийэр үп 98%-а биир куорат – Москва эрэ иһигэр эргийэр. Дойдубут баайа-дуола биир мегаполиска кэлэн мунньуллара, биллэн турар, кытыы сирдэр сайдалларын улаханнык атахтыыр. Провинция уонна Москва олоҕун таһыма сир-халлаан араастаһарын курдук атын-атын. Былырыыҥҥы үбү-баайы «Форбс» сурунаал аахпытынан, Москва үс улахан миллиардердар олорор куораттарыгар киирсибит. Мантан даҕаны сылыктаатахха, бачча улахан дойду харчыта-дуола барыта биир эрэ куораты аһатан-сиэтэн олороро көстөр. «АЛРОСА» өрөспүүбүлүкэбит хааһынатын тутаах тэрилтэтэ. Онон Саха сиригэр регистрацияламмытын Москваҕа көһөрдөхтөрүнэ бюджеппыт «дьүдьэйэр». Билигин даҕаны сирбит баайыттан улаханнык туһаммыппыт көстүбэт. «АЛРОСА» Москвалаатаҕына тиийбэт тирии, тарпат тараһа буоларбытын көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. Аҕыйах хонуктааҕыта президент Егор Борисов улуус баһылыктарын кытары көрсүһэ сырытта. Онно «АЛРОСА» Мииринэйгэ регистрацията көтүрүллүө суохтаах диэн муос-таас курдук эттэ. Устаабынай хапытаалга Саха сирин уонна федеральнай киин өлүүтүн бырыһыана уларыйыа суохтааҕын туруорса сылдьалларын туһунан иһитиннэрдэ. Хампаанньа аһыллар кэмин бары өттүнэн бэлэмнээх көрсүөххэ наада диир. Салалтабыт кэпсэтэр-ипсэтэр, туруорсар-дьүүллэһэр ньымата төһө дьайыылааҕын сотору билиэхпит. Этэргэ дылы, уйан-хатан тургутуллар кэмэ тирээтэ. Киин былаас «АЛРОСАны» арыйыы үлэтин, 2000 сылтан «ньиргиэрдээхтик» ыытта. Онто быйыл түмүгэ көстүөхтээх. Ол кэнниттэн туох саҥа «оонньуу» саҕаланыаҕын таайар аҕыйах. Сурах быһыытынан, интернет-сайтар кэпсииллэринэн, үс олигарх алмаас хостуур хампаанньаҕа улаханнык сананан киирсэ сылдьаллар үһү.Погода
..°C
Ветер: - м/с
Давление: 0 мм рт.ст.
Курсы валют ЦБ РФ
USD: 56,2463
EUR: 63,3221
EUR: 63,3221
Отправка SMS
Местные новости
«АЛРОСА» аһылларыттан Саха сирэ сүүйтэриэ суохтаах
- 05.02.10
- Что покажет зрителям в феврале Государственный цирк республики 17
- 05.02.10
- Бильярд: Якутяне намерены отыграться на Кубке Европы! 2
- 04.02.10
- Внесены изменения в Закон о занятости населения 6
- 04.02.10
- Виктор Лебедев удостоен премии в размере 75 тысяч рублей 4
- 04.02.10
- Аэропорт «Якутск» возобновил работу 3
- 04.02.10
- В Якутии жители сел своими силами строят семьдесят шесть объектов 4
- 04.02.10
- Лучшие ювелиры России встретились на выставке в Санкт-Петербурге 3
- 04.02.10
- Осужден директор ООО «Новые золотые технологии» 9
- 03.02.10
- Наталья Леонтьева обновляет рекорды республики 3
- 03.02.10
- Вторая волна ОРВИ и гриппа докатилась до Южной Якутии 2
- 03.02.10
- Рейды экологической милиции дают свои результаты 5
- 03.02.10
- Медучилище Якутии вошло в число лучших образовательных учреждений 6
- 03.02.10
- Юнкоры «Полярной звезды» выступили во Франции 15
- 03.02.10
- Подъем экономики должны обеспечить промышленные предприятия 5
- 02.02.10
- Школьник из Якутска получил подарок от Президента России 56
- 02.02.10
- Американские дипломаты посетят медицинские и научные учреждения Якутии 16
- 02.02.10
- АК «Железные дороги Якутии» отказано в удовлетворении заявления
- 02.02.10
- В селе Кутана Алданского района в огне погибла девочка 3
- 02.02.10
- Морозы под минус 50 вернутся в Якутию 13
- 02.02.10
- 13 млрд 400 млн рублей выделено на Программу оказания бесплатной медицинской помощи 10
- 02.02.10
- Восточная сказка воплощается в жизнь…
- 01.02.10
- В День защитника будем отдыхать 4 дня подряд 7
- 01.02.10
- Дарите тюльпаны любимым 7
- 01.02.10
- Мэру Олекминска поставили «неуд» 5
- 01.02.10
- Правительственная дюжина 8
- 01.02.10
- Новые технологии внедряются шире 4
- 01.02.10
- Якутский народный эпос «Олонхо» представят на книжной выставке 5
- 01.02.10
- Нефтегазовая промышленность - это будущее Якутии 9
- 29.01.10
- Приглашаем на фестиваль «Салют Победы!»
- 29.01.10
- Якутские ювелирные компании примут участие в международной выставке 1
- 29.01.10
- По факту отключения электроэнергии в Борисовке-3 проводится проверка 1
- 29.01.10
- В кинотеатре «Лена» прошли пожарно-тактические учения 4
- 29.01.10
- Студент Физико-технического института ЯГУ стал обладателем стипендии им. А. Чубикова 8
- 29.01.10
- Подведены итоги социально-экономического развития республики за 2009 год 2
- 28.01.10
- «Южно-Якутские электрические сети» готовы противостоять морозам 1
- 28.01.10
- Андрей Панин едет в Якутск 33
- 28.01.10
- Лучшие преподаватели и студенты среднего профобразования награждены грантами Президента РС (Я) 1
- 28.01.10
- Президент республики посетит Мирнинский и Ленский районы
- 28.01.10
- В Якутии продолжается формирование «электронного правительства» 11
- 28.01.10
- Глава Нерюнгринского района отчитывается перед населением
Комментарии
Сообщение:
Отправить Отмена