Погода

-21..-23°C

Ясно, без осадков

Ветер: зап 0 - 2 м/с

Давление: 763 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

Местные новости

«АЛРОСА» аһылларыттан Саха сирэ сүүйтэриэ суохтаах

«АЛРОСА» аан дойдутааҕы таһымнаах бөдөҥ транснациональнай корпорация сабыылаах акционернай обществоттан аһаҕас акционернайга кубулуйара өтөрүнэн күүттэриэ суох чинчилээх. Олунньуга Росимущество баһылыгын солбуйааччыта Юрий Медведев Госдумаҕа тыл этэригэр Саха сирин правительствотын кытары ити боппуруоһу улаханнык илдьиритэ сылдьалларын, «формально» биир сокуон мэһэйдиирин иһитиннэрэн турардаах. Тиһэх сонуннар кэпсииллэринэн, «АЛРОСА» кэлэр сыл саҥатыгар бас билиитин уларытар туһунан докумуон силигэ ситиэхтээх.

Алмаас хампаанньатын бас билиитин уларытарга, биир сүрүн моһолунан Ил Түмэн 2003 сыллаахха, муус устар 23 күнүгэр ылбыт сокуонун ыйаллар. Бу сокуон этэринэн, Саха сирин интэриэһэ «АЛРОСА» сабыылаах акционернай общество буоларынан мэктиэлэнэр. Киин былаас илиитин-атаҕын «формально» баайар сокуон, «АЛРОСАны» федерализациялыыр политика ыытыллыан иннинэ, Саха сирин уонна Арассыыйа былааһын икки ардыгар түһэрсиллибит эйэ-дэмнээх дуогабар быдан иннинэ ылыллыбыта. Киһи эрэ буоллар, федеральнай былаас -- «быраабы өрө тутар судаарыстыба», биһиги Ил Түмэммит «көрүнньүк» сокуонун көрдөрбүтүнэн кэһэр кыаҕа суох. Ол иһин ити сокуону көтүттэрэ сатаабыттара ыраатта. Биһиги дьоммут, хампаанньа аһылларыгар өрөспүүбүлүкэ интэриэһин сокуон хараҕынан мэктиэлэтэн баран, ити урукку сокуону көтүрэр былааннаахтар, быһыыта. «Акционернай тэрилтэ аһыллар эрэ түгэнигэр сайдар кыахтаах, акцията ырыынак сыанатыгар эппиэттиир эрэ буоллаҕына инвестиция киириэҕэ» диэн алмаасчыттар эппиттэрэ-тыыммыттара быданнаата. Туох барыта бүтэр уһуктаах. Аһаҕас ньыманан хостонор алмаас түгэҕэ көстөн эрэр. Онон, аны,шахта ньыматынан киирэн алмаас хостуохтаахтар. Карьер ойоҕоһунан, сири аннынан холлороон хаһарга элбэх үп наада дииллэр. «АЛРОСА» алмаас аҕыйаабытынан сибээстээн, сырыһыннара атын сир баайын хостуур былааннаах. Тимир рудатын, ньиэби-гааһы хостууурга эмиэ харчылара кырыымычыгын этэллэр. Билигин Саха сирэ 40% «АЛРОСА» акциятын бас билэр. Правительство 32%, алмаастаах түөлбэ улуустара 8%. Хонтуруолунай акция пакетын (51%-нын) Росимущество дьаһайан олорор. Олохтоох специалистар саамай куттанар кутталлара диэн, хампаанньа аһылыннаҕына акциятын сыаната «ырыынакка эппиэттээн» өрө ыстаныахтаах, эбии акция бэчээттэнэн атыыга барыахтаах. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ өлүүтэ 40%-тан кыччаан тахсыан сөп. Инньэ гыннаҕына Саха сирэ хампаанньаны дьаһайсар кыаҕа аччыыр. Билигин правительствобыт, парламеммыт уонна, биллэн турар, президеммит ити кутталы, хайдах эмэ гынан, тумна сатыыр толкуйга түһэн олороллор. 2009 сыл саҥатыгар «АЛРОСА» бас билиитин уларытарга анаан оробуочай хамыыһыйа тэриллибитэ. Бу хамыыһыйаҕа федеральнай ведомстволар, алмаасчыттар бэйэлэрэ киирэн үлэлии олороллор. «АЛРОСА» федеральнай корпорация буоларын быһыытынан, Москваҕа регистрацияланыахтаах диэччилэр эмиэ бааллар. Тэрилтэ ханна регистрацияламмыт сиригэр нолуок төлүүр. Анаан дьарыктанар дьон суруйалларынан, Арассыыйаҕа эргийэр үп 98%-а биир куорат – Москва эрэ иһигэр эргийэр. Дойдубут баайа-дуола биир мегаполиска кэлэн мунньуллара, биллэн турар, кытыы сирдэр сайдалларын улаханнык атахтыыр. Провинция уонна Москва олоҕун таһыма сир-халлаан араастаһарын курдук атын-атын. Былырыыҥҥы үбү-баайы «Форбс» сурунаал аахпытынан, Москва үс улахан миллиардердар олорор куораттарыгар киирсибит. Мантан даҕаны сылыктаатахха, бачча улахан дойду харчыта-дуола барыта биир эрэ куораты аһатан-сиэтэн олороро көстөр. «АЛРОСА» өрөспүүбүлүкэбит хааһынатын тутаах тэрилтэтэ. Онон Саха сиригэр регистрацияламмытын Москваҕа көһөрдөхтөрүнэ бюджеппыт «дьүдьэйэр». Билигин даҕаны сирбит баайыттан улаханнык туһаммыппыт көстүбэт. «АЛРОСА» Москвалаатаҕына тиийбэт тирии, тарпат тараһа буоларбытын көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. Аҕыйах хонуктааҕыта президент Егор Борисов улуус баһылыктарын кытары көрсүһэ сырытта. Онно «АЛРОСА» Мииринэйгэ регистрацията көтүрүллүө суохтаах диэн муос-таас курдук эттэ. Устаабынай хапытаалга Саха сирин уонна федеральнай киин өлүүтүн бырыһыана уларыйыа суохтааҕын туруорса сылдьалларын туһунан иһитиннэрдэ. Хампаанньа аһыллар кэмин бары өттүнэн бэлэмнээх көрсүөххэ наада диир. Салалтабыт кэпсэтэр-ипсэтэр, туруорсар-дьүүллэһэр ньымата төһө дьайыылааҕын сотору билиэхпит. Этэргэ дылы, уйан-хатан тургутуллар кэмэ тирээтэ. Киин былаас «АЛРОСАны» арыйыы үлэтин, 2000 сылтан «ньиргиэрдээхтик» ыытта. Онто быйыл түмүгэ көстүөхтээх. Ол кэнниттэн туох саҥа «оонньуу» саҕаланыаҕын таайар аҕыйах. Сурах быһыытынан, интернет-сайтар кэпсииллэринэн, үс олигарх алмаас хостуур хампаанньаҕа улаханнык сананан киирсэ сылдьаллар үһү.

kyym.sakha.ru
30.06.2010 14:38 | оригинал статьи | просмотров: 90636

06.08.10
Боксеры Южной Якутии завоевали 7 призовых мест
06.08.10
Экспедиция «Арктика - 2010» восстановила могилу полярника Вальтера
06.08.10
В Якутии открыт охотничий сезон 1
06.08.10
Пожар в здании четвертого отделения милиции
06.08.10
Создание электронного правительства и проведение электронных торгов 6
05.08.10
В августе планируется ввод в эксплуатацию моста через реку Малая Черепаниха 1
05.08.10
Начинающим водителям вручили удостоверения
05.08.10
Республика направит на поддержку малого бизнеса 250 млн. рублей 12
05.08.10
Якутия помогает пострадавшим от лесных пожаров регионам
05.08.10
Заработная плата в Якутии: номинальная и реальная 23
05.08.10
Выдача земельных участков ускорится 6
05.08.10
Приглашаем на фестиваль цветов! 4
04.08.10
67 работников бюджетной сферы получили ключи от новых квартир 4
04.08.10
Нас ожидают заморозки 8
04.08.10
В якутских реках поднимается вода
04.08.10
Итоги всероссийского форума «Селигер-2010» 1
04.08.10
Преимущества биометрического паспорта 1
04.08.10
Председатель правительства республики Галина Данчикова и директор Института ЮНЕСКО по информационным технологиям в образовании Дендев Бадарч подписали меморандум о взаимопонимании 2
04.08.10
Строительство Богородицкой церкви будет ускорено
03.08.10
Состоится ярмарка вакансий и стажировок 1
03.08.10
12 якутян выиграли призы по VISA картам Алмазэргиэнбанка
03.08.10
350 педагогических работников получат по 100 тысяч рублей 12
03.08.10
На границе Якутии зарегистрировано землетрясение 2
03.08.10
СВФУ посетил высокий гость из Красноярска 1
03.08.10
Решить жилищную проблему с помощью материнского капитала стало проще
02.08.10
Для детей-сирот открыта игровая площадка 1
02.08.10
Молодежный парламент проведет якутский этап международной акции «Знамя Мира»
02.08.10
Юная якутянка стала двукратной чемпионкой мира по шахматам 7
02.08.10
Фестиваль «ЗОЖигай вместе с нами!» завершился
02.08.10
За 2 квартал 2010 года сдано 42 единицы оружия
02.08.10
Улица Каландаришвили стала частично односторонней 9
02.08.10
10 августа стартует конкурс «Чистый город» 1
30.07.10
Ландшафтный архитектор назначен главным озеленителем столицы 19
30.07.10
Подведены итоги «Летнего позитива»
30.07.10
Республике нужны студенческие строительные отряды 3
30.07.10
1 августа корректируются трудовые пенсии
30.07.10
Футбол: в Якутск приезжают две хабаровские команды 8
30.07.10
Из-за грозы в Татте сгорел трансформатор
29.07.10
Перекрыт канал поставки героина в Якутск из Амурской области 3
29.07.10
Яков Стахов об итогах полугодия
Яндекс.Метрика